Хронология развития школы
1872 - 1914 годы — начальное народное училище
1914 - 1917 годы — двухклассное начальное образование
1917 - 1920 годы — I ступень высшего начального училища
1920 - 1925 годы — пятигруппная советская школа
1925 - 1930 годы — семигруппная школа
1930 - 1933 годы — школа колхозной молодежи (ШКМ)
1933 - 1940 годы — семиклассная школа
С 1940 года — средняя школа
1966 - 1967 годы — открылся математический класс
1988 - 1989 годы — введено в строй новое каменное здание школы
1993 год — открылся гуманитарный класс
1996 год — открылся биолого-химический класс
2004-2005 годы — класс малой медицинской академии, классы естественнотехнического направления
2007-2008 годы — пилотная школа МО PC (Я) по НБФ, НСОТ
Төрүттэниитэ
Гаврил Васильевич Егоров — Гражданскай сэрии геройа, Кыһыл Знамя орден кавалера, культармеец.
Гражданскай сэрии бүтээтин кытта сир түҥэтигэр, сэбиэттэр быыбардарыгар, кооперация үлэтин тэнитиигэ, табаарыстыбалары, колхозтары тэрийиигэ бастакы пятилетка сылларыгар күүрээннээх үлэ үоһүгэр сылдьыбыта.
Г.В. Егоров 1929-1934 сылларга Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Нам уонна Кэбээйи оройуоннарыгар сүүрбэттэн тахса оскуоланы, интернаты, балыыһаны уонна баанньык дьиэни туттарбыта.
Саха сирин историятыгар киирбит Амматааҕы сэриигэ Г.В. Егоров хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин бойобуой Кыһыл Знамя орденынан наҕараадаламмыта.
1872 с. Саха сирин губернаторын ыйааҕынан Мүрү оскуолата ырыаҕа ылламмыт, xohooҥҥo холбоммут Саха сирин биир кэрэ Мүрү алааһын томторугар аһыллан, быйыл 143 сааһын бэлиэтиир.
Оччолорго улуус үрдүнэн учуутал үөрэхтээх киһи cyoҕa. Онон Дъокуускайтан уолаттар классическай прогимназияларын бүтэрбит Ширшиков И.С. диэн нуучча киһитэ кэлэн 11 оҕону үөрэтэн, үөрэхтээһин бастакы акылаатын уурбута. Иван Семенович — улуус бастакы учуутала.
Кини кыһамньылаах, үгүс билиилээх эбит. Оҕолорго 77 үөрэнэр кинигэни, атын да сэдэх үорэх тэриллэрин булбута. Ол сыл нэһилиэнньэттэн оскуола үлэлиир ороскуотугар уонна учуутал хамнаһыгар анаан 87 солк. 81 харчы хомуллубут. Иван Семенович үөрэтии-иитии боппуруоһугар төрөппүттэри кытта үгүс өрүттээх үлэни ыытара. Сыылкаҕа олорор политсыылынайдары кытта сибээстэһэрэ. Ону олохтоох баайдар, ыраахтааҕы чиновниктара сөбүлээбэккэ, «бу учуутал дьадаҥы оҕолору үорэхтээх оҥорор буолла» диэн, сотору үлэтиттэн уураттарбыттара. Кини оннугар улуустааҕы бырааба суруксуга, уезднай училищены бүтэрбит Местников Г.А. үлэлээбитэ. Онтон сотору анал үөрэхтээх саха учуутал Шевелев М.П. ананан үлэлээбитэ.
ОСКУОЛА СЭБИЭДИССЭЙДЭРЭ, ДИРЕКТОРДАРА
- Ширшиков Иван Семенович — оскуола бастакы учуутала, Дьокуускай куорат классическай прогиммазиятын бүтэрбитэ. 1872-1873 сс.
- Местников Гаврил Андреевич — улуустааҕы бырааба суруксута, уезднай училищены бүтэрбит. 1873-1875 сс.
- Шевелев Михаил Петрович — анал үорэхтээх учуутал. 1875-1876 сс.
- Пылаева Ольга Ефремовна — 1908-1914 сс.
- Говоров Ксенофонт Иннокентьевич — 1914-1916 сс.
- Николаев Павел Андреевич — 1916-1917 сс.
- Шарин Федор Николаевич — 1928-1929 сс. директордаабыта (үөрэх наркомун солбуйааччытынан үлэлээбит).
- Сивцев Д.К.-Суорун Омоллоон — саха народнай суруйааччыта, Социалистическая Үлэ Геройа, 1929-1930 сс.
- Бабицкай Захар Михайлович — 1930-1933 сс.
- Попов Иван Васильевич — 1933-1934 сс.
- Жирков Андрей Васильевич — РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1934-1937 сс.
- Замятина Анна Исаковна — тыыл, иедагогическай улэ ветерана, 1938-1940 сс.
- Игнатьев Георгий Николаевич — РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1942-1943 сс.
- Дьяконов Степан Константинович — 1943-1945 сс.
- Петухов Иван Николаевич — Саха АССР культуратын үтүөлээх деятелэ, Саха АССР үөрэҕириитин туйгуна, 1945-1946 сс.
- Никифоров Сергей Иванович — Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, 1946 - 1949 сс.
- Никифоров Андрей Григорьевич — Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, 1937-1938. 1949-1960 сс.
- Рыбкина Ия Петровна — РФ, СР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл Знамята орден кавалера. 1961-1962 сс.
- Попов Николай Федорович — 1962 - 1964 сс.
- Готовцев Семен Семенович — ССРС уонна РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна. 1964 - 1966 сс.
- Данилов Иван Николаевич — Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, РФ үөрэҕириитин туйгуна. 1966 - 1969 сс.
- Колодезников Иван Степанович — Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, ССРС үөрэҕириитин туйгуна. 1969 - 1978 сс.
- Степанов Анатолий Петрович — 1978-1982 сс. директорынан үлэлээбитэ.
- Андросов Ким Петрович — РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 1982 - 1984 сс.
- Свинобоев Николай Николаевич — СР үөрэҕириитин туйгуна, 1984 - 1988 сс.
- Бочкарев Иван Прокопьевич — СР үөрэҕириитин туйгуна. 1988 - 1991 сс. директорынан үлэлээбитэ.
- Данилов Михаил Николаевич — СР үөрэҕириитин туйгуна, 1991-1993 сс.
- Бурцев Петр Николаевич — 1993-1998 сс.
- Местников Петр Петрович — РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. 1998 - 2001 сс.
- Абрамов Михаил Николаевич — СР үтүөлээх учуутала, 2002-2003 сс.
- Кондратьева Матрена Христофоровна — РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, 2004 - 2009 сс.
- Баханов Петр Петрович — СР үөрэҕириитин туйгуна, 2009 - 2016 сс
- Бурнашев Семен Семенович - 2016 - 2018 cс.
- Литвинцев Степан Моисеевич - 2018 с.